НАМ УЛУУҺУГАР БАСТАКЫ ВЕТЕРАННАР ЛААҔЫРДАРА ҮЛЭТИН ТҮМҮКТЭЭТЭ
Нам улууһугар баһылык ЮрийИннокентьевич Слепцов көҕүлээһининэн,аҕам саастаах дьону сынньатыыга улаханболҕомто ууруллар. Ол курдук от ыйын 8-14 кк. СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Победа» социальнай харысхал Ресурснай киинин кытта улуус дьаһалтата бииргэ үлэлээн,Намнааҕы педколледж баазатыгар 65-80 саастарыгар диэри саастаах дьоҥҥо лааҕыры аан бастакынан үлэлэппитэ элбэх киһи сэҥээриитин ылла.
Сонун бырайыакхайдах тэриллибитин санаан ааһар буоллахха, «Победа» социальнай харысхал Ресурснай киин салалтата кулун тутарга сонун бырайыагы олоххо киллэрэн эрэрин туһунан улуус дьаһалтатыгар этии киллэрбитэ. Онуоха улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Игнатьева бииргэ үлэлэһэн, ветераннар сайыҥҥы лааҕырдарааһылынна.Маннык социальнайхайысхалаах бырайыак Намулууһугарөссө бу саассаҕаламмыта.Ол курдук Ленскэй уонна Хатыҥ Арыы баһылыктарабэйэлэрин бэтэрээннэринилдьэн, «Кэнкэмэ» туристическай баазаҕа босхо сынньатан, аҕам саастаах дьон махталларын ылбыттара.
От ыйын 14 күнүгэр Нам улууһугар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын тэриллибит бэтэрээннэр сайыҥҥы «Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» лааҕырдараүлэтин түмүктээтэ.
Лааҕыр үлэтэ күннэтэ хайдах тэриллибитэй?Бастакы күн сынньана кэлбит дьону киирии ааҥҥа Нам улууһун ветераннарын Сэбиэтин председателэ Софья Кобякова уонна Ленскэй нэһилиэгин "Иэйии" кулуубун чилиэттэрэ сахалыы сиэринэн-туомунан алаадьынан күндүлээн көрсүбүттэрэ, "Түөлбэ" оҕо киинин лааҕырын оҕолоро пионердыы хааман эҕэрдэлээбиттэрэ.
Лааҕырга20-чэулуустан 100 аҕам саастаах дьон алта күҥҥэ дуоһуйа сынньанылар, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, элбэх доҕоттордоннулар, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрдилэр.
«Тыгын Дархан» эрэстэрээниөр сылларгасалайбыт СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕоМария Габышева аһы-үөлү, СӨ народнай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Афанасьев култуурунай сынньалаҥы тэрийиигэсүбэ-ама буоллулар.Лааҕыр начальнигынан Нам улууһун бэтэрээнэринСэбиэтин председателэ Софья Кобякова ананан,ис дууһатыттан кыһанан үлэлээн, элбэх киһи махталын ылла. Бырайыак ааптара Наталья Васильева араас куруһуоктары тэрийдэ. МарияНиколаевна Антонова, Дьокуускайдааҕы 3-с нүөмэрдээх республикатааҕы клиническэй балыыһа бырааһа, аҕам саастаах дьон доруобуйаларын көрдө. Норуот маастардара,намнар биир дойдулаахтарбыт Анна Николаевна Слепцова саха куукулатын оҥорууга, Татьяна Карамзина кыл-сиэл оҥоһуктарга, Сандаара Оротоо тааска, кумааҕыга уруһуйдааһыҥҥа, ВераГаврильева хомуска оонньооһуҥҥаайар мастарыскыайы үлэлэттилэр.
Бэтэрээннэр5 этэрээккэ хайдыһан,ыллаан уонна үҥкүүлээн, кэрэ бэлиэ сирдэринэн сылдьан күннэрин билбэккэ хааллылар.От ыйын 11 күнүгэр, лааҕыр аһыллыбыта үһүс хонугар, Дьокуускайтан сүрэх, ис уорган, эндокринолог, лор, харах быраастара кэлэн, сыаналаах көһө сылдьар аппарааттарынан аҕам саастаах дьон доруобуйаларын көрдүлэр.
Эбиэттэн киэһэ бэтэрээннэр макраме, иис, кыл, сиэл, туой оҥоһуктары оҥорууга, хомуска оонньооһуҥҥа, уруһуйга, арт-студияҕа, үҥкүү студиятыгар, вокал куруһуогар, фотокуруһуокка, остуол оонньууларыгар дуоһуйа дьарыктаннылар.
Киэһэ хамаанданан "Биатлоннай дуэль" буулдьанан ытыыга, ГТО нормативтарын туттарыыга күрэхтэстилэр. "Ситэ кэрэ" кыраһыабай буолуу студиятын салайааччыта П.И. Ноева тренинг ыытта. Бу курдук олус интэриэһинэй дьарыктаах, доруобуйа көрдөрүүлээх бары өттүнэн туһалаах күн ааспыта.Хатыҥ Арыытааҕы историко-краеведческай музейга сылдьан, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель И.Е. Винокуров олоҕун, үлэтин билистилэр, И.Е. Винокуров скверигэр баар пааматынньыкка сүгүрүйдүлэр, төгүрүрүччү туран оһуохайдаатылар. Саха балаҕаныгар нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Надежда Сивцева уонна нэһилиэк ветераннарын сэбиэтин председателэ Оксана Лебедева көрсөн чэйдэттилэр, ветераннар түмсүүлэрин сонун тэрээһиннэрин кэпсээтилэр. Никольскайга тиийэн, сир түмэлигэр нэһилиэк историятын билистилэр. Хамаҕаттаҕа Кривошапкиннар дьэдэн уонна эмтээх от үүннэрэр бааһыналарын көрдүлэр, дьэдьэн рассадата уона кинигэ бэлэх тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Киэһэ өттүгэр хабылык, хаамыска күрэҕэ, Ленскэй нэһилиэгин ветераннарын "Иэйии" түмсүүтүн иһирэх кэнсиэрэ тэрилиннэ.
От ыйын 13 күнүгэр ветераннар лааҕырдарын сабыллыытын үөрүүлээх киэһэтэ тэрилиннэ.
Бэлиэ түгэни киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх тележурналист, СР телевидениетын туйгуна Георгий Белоусов олус амарахтык салайан ыытта.
Мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр: СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир " Кыайыы" социальнай харысхал ресурснай киин директора Галина Лебедева, "Нам улууһа" МТ баһылыгын солбуйааччыта Мария Игнатьева, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Габышева, общественнай деятель Анастасия Божедонова, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Афанасьев.
Тэрээһин “Победа” Ресурснай киин салайааччыта Галина Лебедева этиититтэн саҕаланна: «Биһиги тэрилтэбит 2017 сылтан “Бэтэрээн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияны кытта “Көхтөөх сааһырыы – актыыбынай уонна муударай дьон кэмэ” диэн социальнай бырагыраамаҕа үлэлэһэбит.Икки сыллааҕыта «Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» («Серебряные каникулы») диэн бырайыагы суруйан, Ил Дархан граныгар кыайбыппыт. “Бэтэрээн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциация кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэтин салайааччыта Дария Андреевауоннабиһиги тэрилтэбит сүрүннүүр исписэлииһэ, бырайыак ааптара Наталья Васильева бииргэ үлэлэһэн, 800 тыһыынча солкуобайдаах граҥҥа тиксибиппит. Ол эрээри сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн,ол кыайан олоххо киирбэтэҕэ. Онон бары тэрээһин көҥүллэммитин кэннэ, быйылгыттан сынньанар лааҕыры үлэлэтэргэ сананныбыт. Бастаан утаа Чурапчытааҕы физкултуура институтун баазатыгар аһыахпытын баҕарбыппыт. Ол эрээри саастаах дьону өрүһү туоратан төттөрү-таары илдьэргэ олус уустук буолсу диэн, чугастааҕы улуустар бөдөҥ үөрэх кыһаларын кытта кэпсэппиппит. Дьолбутугар, Намнааҕы педагогическай кэллиэс салалтата (дир. Е.В. Никитина) сөбүлэһэн, лааҕырбыт аһылынна. Улуустар дьаһалталарыгар «икки саастаах киһини лааҕырга ыытыҥ» диэн суруктары ыыппыппытыгар 17 улуус баһылыга хоруй биэрэн, Бүлүү эҥэр, киин уонна хоту улуустартан, Дьокуускайтан100 киһилээх лааҕыр үлэтин саҕалаата”.
Саха сирин чаҕылхай талааннаах артыыстара кэлэн, дьоро киэһэҕэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Аҕам саастаах дьон айар мастарыскыайдарга сылдьан туохха үөрэммиттэрин үҥкүүлээн, хомуска оонньоон, хорунан ыллаан иһитиннэрдилэр. Куонкурустар түмүктэринэн наҕараадалар туттарылыннылар.
Бу күн эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, лааҕыр үлэһиттэригэр махтал суруктар, бэлэхтэр ананнылар.
Тэрийээччилэр уонна ветераннар "Нам улууһа" МТ баһылыга Юрий Слепцовка, лааҕыр начальнигар Софья Кобяковаҕа махтал тылларын эттилэр.
Эһиил маннык аҕам саастаах дьону сынньатар, обществоҕа чугаһатар, доруобуйаларын чэбдигирдэр, үйэлэрин уһатар, олоххо тардыһыыларын көҕүлүүр лааҕыр өссө да аһыллыан баҕаралларын биллэрдилэр.
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕоМария Габышева санаатын маннык үллэстэр: «Биир нэдиэлэ устата төрөөбүт-үөскээбит, үлэлээбит Намым улууһугар кэлэн, лааҕырга сынньанным. Бу сырыым оус туһалаах буолла. Ол курдук, элбэҕи биллим, өрөспүүбүлүкэ үтүө-мааны дьонун кытта билистим,уһуннук олорууга,чөл доруобуйалаах сылдьыыга үөрэнним. Ыччаппытыгар саастаах көлүөнэ олорбут олоҕун, үлэтин тиэрдиигэ саҥа санаалар киирдилэр, үлэлииргэ баҕа санаа үөскээтэ. Биһиги ветераннарбыт доруобуйаларын туругунан, үп-харчы тиийбэтинэн, ыраах дойдуларга сынньанар кыахтара суох.Олохтоох былаастар бу бырайыагы өйүөхтэрин наада. Мин Намым улууһа олус тэрээһиннээхтик, үөрэ-көтө көрсүбүтүттэн, кырдьаҕас дьоҥҥо дириҥ убаастабылы көрдөрбүтүттэн,сүргэм көтөҕүлүннэ. Хас сылдьыбыт сирбитигэр итии чэйинэн, алаадьынан күндүлээн көрүстүлэр, кэрэ бэлиэ сирдэрин тустарынан олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр. Бу нэдиэлэ иһигэр Нам улууһун Күнэ буолан ааста дии санаатым. Киэһэ Нам сэлиэнньэтин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтилэр, таҥас муодатын көрдөрүү киһи кэрэхсиир гына тэрилиннэ.Кэрэ бэлиэ сирбитигэр, Намнааҕы сынньалаҥ пааркатыгар, эксурсия, Нам улууһун интэриэһинэй дьарыктаах дьонун –Сибэкки Дуунньаны, хомус ууһа Хотуоһабы, саха аһын аан бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаппытНина Тимофееваны кытта иһирэх көрсүһүүлэр аастылар.Ытык сиргэсиэри-туому тутуһан,саламаатынан, арыылаах алаадьынан, кыынньыбыт кымыһынан «Эрэл» ТХПК спонсордаан, дьону-сэргэни үөртэ.Маннык кырдьаҕастарга анаммыт тэрээһиннэри ыытыыга бары күүспүтүн холбоотохпутуна, барыта кыаллыан сөп диэн санаа үөскээтэ. Бу – улахан дьыала.Нам улууһун тэрилтэлэрэ бары биир сомоҕо буолан,көмөлөстүлэр. Бу уопуту атын улуустар туһананнар,маннык лааҕырдары тэрийиэххэ. Оройуоннааҕы киин библиотека саха төрүт аһын, алаадьы араас көрүҥүн,оҥорон, ыалдьыттары күндүлээтэ,дьиэҕэ-уокка маннык астаан, бырааһынньыктары тэрийиэххэ сөп диэн өйдөбүлү үөскэттэ.
Маны сэргэ Нам улууһун общественник дьахталларын кытта көрүстүбүт. Төгүрүк остуолу улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Игнатьева иилээн-саҕалаан ыытта.Олус дьыалабыай, туһалаах кэпсэтии барда.Билигин дойдубут президенэ Владимир Путин уурааҕынан, наставничествоны олоххо киллэриисыала-соруга турар. Ону, дьэ, саастаах дьон уопуттарын хайдах туһаныахха сөбүн дьүүллэстибит. Үлэлээх буолууга, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаҥҥа, дойдуга тапталы иитиигэсаастаах дьон уопута үйэтитиллиэхтээх диэн далбар хотуттар биир санааҕа кэллилэр. Инникитин бары бииргэ сомоҕолоһон, ыччаппытын доруобай, чэбдик өйдөөх-санаалаах гына иитэн таһаарыыга бииргэ үлэлиэххэ диэн түмүккэ кэллибит. Олохтоох СМИ – улуус администрациятын пресс-сулууспата уонна “Эҥсиэли” хаһыат күннэтэ - үлэбитин сиһилии сырдаппытыгар махталбытын тиэрдэбит”.
СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Афанасьев - "Үрүҥ көмүс сынньалаҥ" ветераннар республикатааҕы лааҕырдарын биир тэрийээччитэ. Кини салайан ыыппыт үҥкүү студиятыгар элбэх киһи сөбүлээн сырытта: «Эҥсиэли хочотугар, Намнааҕы педколледж киэҥ уораҕайыгар, кэлэн олус тэрээһиннээхтик сынньанныбыт.Ханнык баҕар сайдыылаах омук дойдутугар, ветераннарын үчүгэйдик көрөллөр, сынньаталлар, кинилэргэ улахан болҕомтолорун уураллар. Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээн,аҕам саастаах дьон сынньалаҥ күннэрэ буоллулар. Бу тэрээһиҥҥэ мин кыттыһаммын, үҥкүү устуудьуйатын тэрийбиппиттэн олус үөрэбин, долгуйабын. Сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктара, салайааччылара кэлэн, истиҥник көрүстүлэр.Мин 88 саастаах ийэм Мария Алексеевна Афанасьева Тааттаҕа олорор. Дьиэҕэ олорон хаалбытаҕам саастаах дьон күнү быһа хамсаан эттэрин-сиинэрин сайыннардылар. Маннык саҕалааһыны үрдүкү салалтабыт үбүнэн-аһанан көмөлөһөнсалгыырыгар көрдөһөбүн.Киһи барыта кырдьар. Мин хаһан да кырдьыахпын баҕарбаппын.Мин эбэлэрим, эһэлэрим саҕана, маннык сынньалаҥ суох этэ. Инникитинманнык бырайыактар олоххо киирэллэригэркөмөлөһүөм.Эҥсиэли хочотугар махталбын тиэрдэбин!”
Исакова Нина Николаевна, Бүлүүттэн сылдьар үлэ бэтэрээнэ: «Бүлүүттэн иккиэ буолан кэлбиппит. Олус үчүгэй лааҕырга сынньанныбыт. Анна Николаевна маастар-кылааһыгар сылдьан, 2-лии куукула оҥордубут. Экскурсияҕа сылдьан элбэҕэи биллибит. Кэлэр сылга өссө аһыллара буоллар”.
Миронов Александр Николаевич, Сунтаар улууһуттан төрүттээх салайар үлэ бэтэрээнэ: “Кынат анньыммытНамым сиригэр кэргэмминээнкэлэн, олуссөбүлээн сынньанныбыт. 48 сыл анараа өттүгэр педколледжка устудьуоннуу сылдьан ыал буолбуппут. Лааҕыр тэриллэрин истэн, иккис дойдубутун көрөн-билэн кэлэргэ санаммыппыт. Дуоһуйа сынньанныбыт, оннооҕор, утуйарбыт да үчүгэй буолла. Ис дууһабыт манна кэлэри кэтэһэ сылдьыбыт быһыылаах.Санаам көтөҕүллэн,ырыа, городкикүрэхтэригэр2-с миэстэ буоллум.Хара сарсыардаттан араас дьарыктаргакүн солото суох сырыттыбыт”.
Амматтан сылдьарАкулина Степановна Наумова:
“Лааҕырга сынньаммыппытыттан бары астынныбыт. Элбэх куруһуоктар үлэлээтилэр. Мин туойунан оҥорууга сырыттым.Лариса Ефимовна салалтатынан, кытыйа уонна колокольчик оҥорон, дьиэбитигэр бэлэх гынан илдьэ баран эрэбит. Лариса Ефимовнаҕа үлэтигэр ситиһиини, доруобуйаны баҕарабыт.Мин дьиэбэр соҕотоҕун олоробун. Дьону кытта алтыһыахпын баҕарабын. Бу күннэргэ оҕо сааспытыгар төннөн ыллыбыт. Наталья Ксенофонтовна гранын өссө көмүскээтин. Маннык лааҕыр сыл аайы аһыллара буоллар диэн баҕа санаалаах тарҕаһан эрэбит”.
Бу курдук, Нам улууһугар ветераннар бастакы сайыҥҥы лааҕырдара «Победа» Ресурснай киин уонна Нам улууһун дьаһалтата бииргэ үлэлээн,социальнай грант бырайыага үлэтин түмүктэннэ. Будойдуүрдүнэнбастакы саҕалааһын буолар. Миниистир Елена Волкова этэринэн, атын улуустар баһылыктарын кытта бииргэ үлэлэһэн, улуус аайы маннык саастаах дьон сайыҥҥы лааҕырдарын үлэлэтэр былааннаах. Билигин аҕам саастаахдьон дьиэлэриттэн ыраахсынньана бараллара уустугурбут кэмигэр бу олус наадалаах социальнай үлэ көрүҥэ. Миниистир бэлиэтээбитин курдук, маннык сайыҥҥы лааҕыр тас дойдуттан киириини солбуйар (импортозамещение) кыахтаах.
Софья Кобякова, лааҕыр начальнига, Нам улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин председателэ.
25.07.2022с.