Хаамыы доруобуйаны тупсарар
Хаамыы киһини олоххо кынаттыыр, өйүн сааһылыыр, эдэрдии эрчимирдэр. Урукку кэмҥэ сарсыарда хаамын диир буоллахтарына, билигин чэбдигирдэн хаамыы бириэмэтин чопчу хаамааччы бэйэтэ быһааран, хаһан сололооҕунан хаамар буолла. Бүгүн, хаамыы уонна чэбдигирдэр сүүрүүн күнүгэр, үлэ күнэ, сынньалаҥ күн диэн араарбакка хаамар, өрүү эдэрдии эрчимнээх эбэлэри көрсөн кэпсэтэн аастыбыт. "Бүгүн өрөспүүбүлүкэтигэр хаамыы уонна чэбдигирдэр сүүрүү национальнай күнүнэн улуус үрдүнэн бары хаамар дьону "Өнньүөс сканди " түмсүүбүт аатыттан эҕэрдэлиибит. Билигин улуустааҕы ватсап группабытыгар 70 киһи баар. Оттон биллэринэн улууска 100-тэн тахса киһи хаамар. Өнньүөскэ эмиэ группалаахпыт. Куруук билсэ, сүбэлэһэ, билиибитин үллэстэ сылдьабыт. Скандинан практика көрдөрөрүнэн кэккэ сылга кэтээн көрүүнэн хаамааччы киһи төгүрүк сыл хаамар. Күнүн көтүппэт, тымныыга хаамар. Организм үөрэнэр. Киһи биир эмэ кэмҥэ көтүттэҕинэ организм ирдиир буолар. Киһи көһүйэр, сылайар курдук буолар. Салгыҥҥа улаханнык наадыйаҕын. Билигин Өнньүөскэ күн аайы 10 -13 эбээ хаамар. Быйыл кэккэбит хаҥаата. Сарсыардааҥҥы ыраас,чэбдик салгынынан хаамыы доруобуйаҕа туһалаах. Хаамыыга техниканы тутуһан хаамарга дьулуһабыт. Соторутааҕыта сигун тренера Аркадий Прокопьев тыыныыга маастар - кылаас кэлэн оҥорбутун туһанабыт. Чэбдигирдэр сүүрүү, хаамыы күнүнэн эрэ буолбакка, күн аайы тахсан хаамын, сүүрүн!" - диэн хаамыыны олохторун кытта холбообут далбар хотуннар санааларын үөрэ-көтө үллэстээн, салгыы хаама турдулар.
Подробнее: https://ulus.media/article/56274