Уаров Прокопий Иванович
Күндү аҕабыт Прокопий Иванович Уаров 80 сааһыгар
Үйэ аҥаарын кэриэтэ дьиҥнээх тапталга угуттанан бииргэ олорбут кэргэним Прокопий Иванович Уаров баара буоллар, муус устар ый 15 күнүгэр кини төрөөбүтэ 80 сааһын бары мунньустан, улахан остуол тула олорон үөрэ-көтө, наллаан кэпсэтэ-сэһэргэһэ бэлиэтиэхпит этэ. Кэргэним барахсан нарын ырыаларын истэммит, сүргэбит көтөҕүллүө этэ. Хара дьай хаҥсык ыарыы ылан барбатаҕа буоллар, оннук да буолуохтааҕа...
Прокпий Иванович 1942 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турдаҕына төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрээт, үлэтин Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос Хоротооҕу отделениетыгар ыанньыксытынан саҕалаабыта. Онтон үс сыл Тиксиигэ байыаннай сулууспаҕа сылдьан ССКП кэккэтигэр чилиэнинэн киирбитэ. Батальон комсорунан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онтон 1970 сыллаахха Саха государственнай университетын историческай салаатын кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. Ити кэмтэн ыла Прокопий Иванович улахан олоҕо, дьоһуннаах үлэтэ саҕаламмыта.
Прокопий Иванович, мин саныахпар, дьоллоох олоҕу олорон ааста. Таптыыр-сөбүлүүр үлэлэригэр үлэлээн дуоһуйууну ылар этэ. Доҕотторо, соратниктара ахталларынан, кини кыайбатаҕа диэн суоҕа, олус үрдүк суолталаах үлэлэргэ сылдьан санаата наар дьон туһугар, кинилэр кыһалҕаларын быһаарыы буолара дииллэр. Бэйэтин доруобуйатын да көрүммэт түгэннэрэ аҕыйаҕа суохтара, куруук ким эрэ проблематын быһаара сатыырын наһаа өйдүүбүн. Дьоҥҥо сыһыана сымнаҕас, бэйэтэ элэккэй буолан, киһи барыта кинини сөбүлүүрэ, киниэхэ тардыһара, бэйэтин чугас киһитин курдук ылынара.
Үлэлээбитин усталаах-туоратыгар Прокопий Иванович салайар, дьону түмэр дуоһунастарга кимиэхэ да сирдэрбэккэ, чиэс-бочуот ортотугар үлэлээбитэ. Ол курдук, комсомол, партия, оскуола-үөрэх эйгэлэригэр, Саха Республикатын салайар аппараатыгар, «Кыайыы» диэн ГУ директорынан, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы» диэн республикатааҕы тэрийэр комитет эппиэттиир секретарынан эҥкилэ суох үлэлээн Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолбута, СР «Гражданскай килбиэн» диэн анал бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.
Дьиҥэ киһи дьоло диэн кинини дьон-сэргэ хайдах сыаналыырыгар көстөр. Мин Прокопийым чахчы үчүгэй хаачыстыбалардаах киһи. Кини үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, холку, чиэһинэй, сэмэй, дьиэ кэргэнигэр бэриниилээх киһи этэ. Соло булбат түбүктээх үлэтигэр күлэ-үөрэ, ыгылыйа сылдьар диэни билбэт, ол гынан баран бүтэрбитэ-оһорбута эрэ баар буолааччы. Иллэҥ кэмигэр ыллыы-туойа, дьонун дьиҥ-чахчы кыһамньынан тулалыы сылдьар улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан өрүү өйдүү-саныы, билигин да кини маннык этиэ этэ диэн өйдөбүлүнэн салайтара сылдьабыт. Эдэр-сэнэх эрдэхпитинэ Прокопий Иывнович ханна ананар да, кинини батыһан уон икки төгүл араас нэһилиэктэринэн көһө сылдьыбыппыт, ол тухары кини олохтоохтор убаастабылларын, истиҥ сыһыаннарын ылыан ылбыта. Кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэри кытта эдэр буолан дьон олус сөбүлүүллэрэ.
Оҕолорун барыларын үрдүк үөрэхтээтэ. Улахан кыыспыт Елена СГУ филологическай факультетын бүтэрбитэ, билигин ХИФУ ааҕар саалатыгар кылаабынай библиотекрынан үлэлиир. Бастакы уолбут Александр юрист үөрэхтээх, ФСБ-га сулууспалыыр, подполковник званиелаах. Орто уол Георгий «Тэрийэр дьаһайар үлэни салайар киин» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин хааһына судаарыстыбаннай тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччытынан үлэлиир. Кыра уолбут Иван Чурапчыга улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинин директорынан үлэлии сылдьар. Оҕолорбут бары ыал буоланнар, сэттэ сиэни, икки хос сиэннэри бэлэхтээбиттэрин эһээлэрэ олус таптыыра, күнэ кинилэртэн тахсара.
Прокопий Иванович олус үлэһит, киэҥ билиилээх киһи этэ. Саха сирин, Россия историяларын олус үчүгэйдик билэрэ, араас даталарга сөп түбэһиннэрэн сиһилии кэпсиирэ. Сааһыран баран компьютеры баһылаан хас да кинигэни суруйан хаалларда. Олортон икки томнаах Аҕа дойду Улуу сэриитин үйэтитээччи автордар тустарынан библиографическай ыйынньык улахан суолталаах үлэ быһыытынан сыаналанар. Ону таһынан, саха снайпердарын, төрөөбүт Сунтаарын, Хоротун буойуннарын сырдаппыта үйэ тухары ааҕылла сылдьыахтара. Эргиччи талаан диэн биһиги аҕабытыгар баара. Сахалыы, нууччалыы ырыа бөҕөнү билэрэ, олус үчүгэйдик толороро. Истэ олорон уйадыйан да ылар түгэннэр суох буолбатахтар этэ. Оҕолорун, табаарыстарын кытта саахыматтыырын аһары сөбүлүүрэ. 80 сааспын дьиэ кэргэним, аймах-билэ дьоннорум, доҕотторум-табаарыстарым ортотугар мааны олбоххо олорон ылыам диэн баҕа санаатын этэрэ, кэтэһэрэ даҕаны. Балтараа сыл тиийбэккэ хаалаахтаата...
Уопсайынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыана, оҕолорун тус бэйэтин холобурунан үөрэтэн-такайан олохпутугар бигэ акылааты түһэрбит буолан бары киниэхэ махталбыт муҥура суох. Кэргэним, аҕабыт, эһээбит сүбэтин-аматын хаһан да умнуохпут суоҕа, наар үтүөнү, сырдыгы эрэ түстүүрэ биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар мэлдьи иҥэн-сөҥөн сылдьыаҕа. Прокопий Иванович биһиги ыал быһыытынан дьоллоох олоҕу олорбуппут. Кини улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан суон дурда, халыҥ хахха буолара, дьиэ кэргэнигэр күннэтэ кыһамьыта олус буолааччы. Аҕабыт аттыбытыгар суох да буоллар, 80 сааһын ахтан-санаан ааһыахпыт.
Надежда УАРОВА, кэргэнэ.