«Сулустаах эстафета»

Мэцэ-Хацалас улууьун бэтэрээннэрин сэбиэтин былаанын чэрчитинэн, быйыл» 8-с төгулун а5ам саастаах дьоццоаналлаах «Сулустаах эстафета»- Арассыыйа5а « Норуоттар култуураларын нэьилиэстибэтин» сылынан, СахаАССР торуттэммитэ 100, Саха Ороспуубулукэтигэр Ийэ, Мэцэ-Хацалас улууьугар «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн», улууска сопхуостар тэриллибиттэрэ 55 сылларыгар аналлаах уус-уран коруу бэстибээлэ муус устар 4 – 13 куннэригэр (КОМО-нан) бэрт тэрээьиннээхтик ыытылынна.

Икки сыл «пандемея5а» хаайтаран олорбута5ам саастаах дьоммутун, дьац арыый халбарыйан, улууска скандинавскай хаамыы кунун кэнниттэн бэлэмнэнэн бэстибээлбитин ыыттыбыт.

Хас тиийбит нэьилиэкпит бэтэрээннэрин сэбиэтэ, культура киинин улэьиттэрэ уорэ-кото арчылаан ыалдьыттары корустулэр. Бэстибээл арыллыытыгар улуус администрациятын бэрэстэбиитэллэрэ, нэьилиэктэр баьылыктара кэлэн а5ам саастаах дьоннорун-сэргэлэрин э5эрдэлээтилэр, ситиьиини ба5аран кэс тылы эттилэр, саанааларын котохтулэр.

Кэнсиэр иннигэр нэьилиэк историяриятын билиьиннэрэр видеороликтарын кордордулэр. 29нэьилиэктэн, 55-85 дылы саастаах 711 пенсионер уус-уран самодеятельность кэнсиэригэр, уран тарбахтаахтар - уус-уран быыстапка5а уорэ-кото кытыннылар. Учугэй бэлэмнээхтэр лауреат, дипломант аатын суктулэр, быыстапка5а кыттыбыттар грамота тутан уордулэр-коттулэр. 58 бэтэрээнс ахалыы остуол оонньуутугар (хабылыкка, хаамыска5а) 60-нуттан уоьэ саастаахтар (балаьыанньа быьыытынан) курэхтэстилэр, кыайыылаахтар мэтээл, грамота ылан уоруу уктэллээх тар5астылар.

Урукку сыллары кытта тэцнээн кордоххо быыстапка5а коллективнай улэлэр элбээбиттэрэ, хас биирдии кыттааччы оцорбут улэтэ хаачыстыбата олус тупсубута тута харахха быра5ыллар киьини уордэр. Хабылыкка, хаамыска5а дьоммут-сэргэбит олус тардыьар буолбуттарын - (ыалдьааччылар) корооччулэр элбэхтэрэ да туоьулаата. Уус - уран кэнсиэригэр хас нэьилиэк аайы коллективнай уцкуулэрэ, ырыалара, эр дьон уус-урана а5ыылара элбээбитин бэлиэтиир то5оостоох. Бу коллективнай толоруулар элбэх сыраттан тахсар, маны уорэтэр культуура специалистара кыьаллан бириэмэлэрин харыстаабакка туран бэлэмнээбит нуомэрдэрэ - бэрт сэргэхтик толоруруннулар.

Нэьилиэктэр бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ бэйэлэрэ бэрт кохтоохтук кыттан саастаах дьоннорун тумэн а5алан сэргэхсийии буолла. Бу тэрээьиннэргэ хас нэьилиэк аайы а5ам саастаах дьоццо бол5омто баарын кордордо. Нэьилиэктэрбит бары бииргэ тумсэн улэлииллэригэр тоьуу куус культура киинин улэьиттэрэ буолаллар. Истиц махталбын нэьилиэк культуратын кииннэрин улэьиттэригэр , фестивальга сылдьыспыт дьууллуур субэ5э улэлээбит СР культууратын утуолээх улэьиттэригэр - Афанасьева Тамара Романовна5а, Скрябина Мария Прокопьевна5а, культура управлениятын специалиьыгар СР культуратын туйгунугар Спиридон Спиродонович Григорьевка тиэрдэбин.

Уопсайа уус-уран самодеятельностка 203 нуомэри кордубут, онтон саамай бастыц 26 нуомэр талыллан, муус устар 16 кунугэр Майа сэлиэнньэтигэр Дмитрий Федорович Ходулов аатынан култуура киинигэр 1 чаас 30 мунуутэлээх тумуктуур улахан кэнсиэргэ кэлэн кытыннылар. Залы толору кэлбит корооччулэргэ, нэьилиэктэртэн кэлбит «артыыстарбыт» оро кото5уллэн туран тэтимнээх, таьымнаах кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Толорооччуларбыт бары дохсун ытыс тыаьынан до5уьуолланнылар.

Бары маннык биир санааннан хамсанан сырыттахпытына на5ам саастаах дьоммут уйэлэрэ оссо уьуу туруо диэн бигэ эрэллээхпин. Саастаах дьоццо хамсаныы, настарайыанньа баар буолла5ына ыарыы да умнуллар.

Кохтоох оруу ырыа – тойук, уцкуу-битии аргыстаах а5ам саастаах бэттэрээннэрбитигэр оссо да этэццэ сылдьан билиигитин – коруугутун ыччат дьоммутугар тиэрдэ сылдьыц, оруу инники куоццэ бэттэрээннэр тэрээьиннэригэр кыттан уоруц – дуоьуйуц.

Мэцэ-Хацалас улууьунбэтэрээннэринбэрэссэдээтэлэМаргарита Максимова.

18.04.2022 г.

Фотогалерея