Анонс фотоальбома «Многодетные матери – гордость республики»
В декабре 2021 года будет издан фотоальбом «Многодетные матери – гордость республики» посвящен матерям, родившим и воспитывающим семь и более детей. За последние три года (2019 – 2021 г.г.) награждены 3 матери Знаком высшей благодарности Матери в Республике Саха (Якутия), 8 матерей Знаком Республики Саха (Якутия) «Мать-героиня» и 83 матери Знаком «Материнская слава» I, II и III степеней.
Награды матерям - это не только дань глубокого уважения женщинам, родившим семь и более детей, но и признание на государственном уровне важнейшей роли женщины в развитии общества, подтверждение того, что семья и материнство являются приоритетами социальной политики государства. Воспитать детей – это большое счастье, но вместе с тем, это огромная ответственность, неустанный труд и самоотверженная забота.
Руководством страны и правительством Якутии уделяется большое внимание поддержке материнства и детства, повышению статуса многодетных семей. В рамках Национального проекта «Демография» разработаны меры, направленные не только на стимулирование и повышение рождаемости в нашей республике, но и на обеспечение социальной стабильности и повышение уровня жизни семей. Объём средств, направленных на поддержку семей с детьми, увеличился в 3 раза, предусмотрено дальнейшее расширение мер социальной поддержки семей с детьми.
В Якутии ведется планомерная работа по созданию комфортных условий для семей с детьми - строятся школы и детские сады, спортивные комплексы, чтобы дети росли здоровыми, умными и успешными, чтобы матери Якутии могли растить своих детей в счастливой обстановке. Искренне рада тому, что в республике с каждым годом растет число многодетных семей.
ЕГОРОВА ЕКАТЕРИНА МИХАЙЛОВНА, многодетная мать, родившая и воспитавшая 7 детей, ветеран труда, Указом Главы Республики Саха (Якутия) от 16.11.2021г. №2154 награждена знаком «Высшая благодарность матери».
Екатерина Михайловна Үөһээ Бүлүү улууһун ыраах сытар Туобуйа нэһилиэгэр элбэх оҕолоох соҕотох ийэҕэ 4-с оҕонон 1963 с. төрүүр. Билигин кини Булуу улууhун Тыымпы сэлиэнньэтигэр олорор.
Оччотооҕу кэм сиэринэн, ирдэбилинэн даҕаны ийэтэ Матрена Гаврильевна Андреева совхозка ыанньыксытынан үлэлиир. Катя оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар кини ийэтигэр улахан көмө киһитэ буола улаатар. Балтыларын, бырааттарын көрөр-харайар. Оскуолаҕа сарсыарда үөрэнэ барыан иннинэ ийэтигэр фермаҕа көмөлөһөн кэлэр, дьиэтин-уотун сууйар-сотор. Итинник кини олох кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ уһуйуллар, бэйэтин иннин быһаарына, үлэлии үөрэнэр.
7 сааһыттан сайынын аайы сайылыкка ыанньыксыттыыр. Катя оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар самодеятельностка, оскуола олоҕор, спортка көхтөөхтүк кыттар. Хайыһарга улуус чиэһин Республикаҕа баран хаста да көмүскүүр. Орто оскуоланы бүтэрэн баран оччотооҕу эдэр ыччат ыҥырыытыгар кыттыһан, «оскуола-производство-үөрэх», дойдутугар ыанньыксытынан хаалар. Эдэр, эрчимнээх, дьоҥҥо санаатын тириэрдэр, үлэһит кыыһы совхоз салалтата таба көрөн Туобйа отделениетыгар ынах сүөһү биригэдьииринэн аныыллар. Кини ити үлэтэ элбэх ситиһиилэнэр. Ол курдук, ханнык да дьылтан ордук ынах сүөһүгэ төрүөх ылар. Үүт ыамыгар былаанын таһынан толорор, субай сүөһүгэ үрдүк привес ылары ситиһиһэр. Ити кэмнэргэ кини общественнай үлэтин тохтоппот. Ол курдук, Туобуйа олохтоох советын депутатынан талыллар. Советскай Союз Коммунистическай партиятын чилиэнэ буолар. Производствоҕа үрдүк ситиһиилэрин иһин «Ударник пятилетки» диэн знагынан наҕараадаланар.
1984 сыллаахха үөрэнэ сылдьан тапталын көрсөн, Егоров Савва Николаевичтыын ыал буолар.
Киһи олоҕун түһүмэхтэргэ араар буолахха, бу кэмтэн Екатерина Михайловнаҕа биир туспа суоллаах-иистээх олоҕун түһүмэҕэ саҕаланар. Кини олоҕун бу кэрчигэ бүтүннүү оҕолорун иитиигэ, кинилэр тустарыгар ананар. Доруобуйата кыайбатынан детсад, оскуола тэрилтэлэригэр үлэлиир. Кини олоҕу бэйэтин көрүүтүнэн, сыанабылынан уонна дьулуурун күүһүнэн тэрилтэ, нэһилиэк биир убаастанар, активнай позициялаах олохтооҕо буолар. Олохтоох компартия I сүһүөх тэрилтэтин комитетын чилиэнинэн талыллар. Кулууп дьиэ тэрийэр мероприятиеларын, самодеятельность активнай кытааччыта буолар. Оскуолаҕа, детсакка төрөппүт комитетын чилиэнинэн ис санаатыттан үлэлиир. Түөлбэ активыгар талыллан элбэх араас хабааннаах үлэлэри ыытыһар.
Екатерина Михайловна 7 оҕо тапталлаах ийэтэ, 13 сиэн тапталлаах эбээтэ. Ийэ буолар дьолу толору билбит, оҕолору иитиигэ туох баар санаатын уурар, олоҕун онно анаабыт киһинэн буолар. Ол да курдук оҕолоро олохторун оҥостубут, үөрэхтэнэн, ыал буолан толору дьоллоох дьоллоохтук олороллор. Екатерина Михайловна оҕолорун бу орто дойдуга баар кэрэни кэрэхсии, үтүөнү, кырдьыгы өрө тутар дьон буолалларын курдук ииппитэ. Ол курдук, оҕолор бары кэрэ эйгэҕэ уһуйуллубут, сырдыгы –ырааһы кэрэхсии, үтүөнү өрө тута улааппыт оҕолор.
Билиҥҥи кэмҥэ кини бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор общественнай үлэҕэ активнайдык кыттар. Бэтэрээн сүбэтин, дьахталлар түмсүүлэрин, түөлбэ активын чилиэнэ. Маны таһынан кэтэх хаһаайыстыбатынан, оҕуруот, сибэкки үүннэриитинэн умсугуйан дьарыгырар. Ийэлэрин холобур оҥостон оҕолоро үлэни өрө тутар, чиэһинэй, үтүө майгылаах дьон буолан үлэлээн-хамсаан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн олороллор.
ПЕРМЯКОВА УЛЬЯНА ЕГОРОВНА, многодетная мать, воспитавшая 11 детей, ветеран Великой Отечественной войны 1941-1945 гг., кавалер ордена «Материнская слава», отличник сельского хозяйства РС (Я), почетный долгожитель Республики Саха (Якутия), Указом Главы Республики Саха (Якутия) от 16.11.2021г. №2154 награждена знаком «Высшая благодарность матери».
В настоящее время Ульяне Егоровне 100 лет, проживает в с. Нуорагана Мегино-Кангаласского улуса. Ульяна Егоровна (в девичестве Сокольникова) родилась в далеком 1920 году в селе Мельжехси Чурапчинского района. В 1931-1936 годах училась в Мугудайской семилетней школе, окончила 7 классов. Затем работала в избе-читальне села Мельжехси. В 1941 году вышла замуж за Пермякова Владимира Николаевича. Работала дояркой колхоза «Чаачыгый» Чурапчинского района. У Владимира Николаевича было двое сыновей, 7 и 5 лет, Ульяна Егоровна заменила им мать, воспитала их. В августе 1941 года переселили 41 колхоз Чурапчинского района в северные районы на добычу рыбы для фронта. Так, семья Пермяковых переселилась в село Куокуй Кобяйского района. С 1942 по 1944 годы Ульяна Егоровна работала на добыче рыбы наравне с мужчинами, прокалывала лед толщиной 1,5-2 метра. Вернувшись после переселения с 1944 года работала поваром в республиканском детском доме до 1947 года. Затем добросовестно работала телятницей в колхозе и далее в совхозе до выхода на заслуженный отдых, о чем свидетельствуют грамоты за добросовестный труд от администрации колхоза, совхоза. Ульяна Егоровна принимала активное участие в общественной жизни наслега, участвовала в художественной самодеятельности, играла на хомусе, принимала участие на выставках творчества. Была активным членом родительского комитета школы и активистом микрорайона-түѳлбэ. Она была участником I районного слета тружеников женщин Мегино-Кангаласского района.
Ульяна Егоровна награждена медалью «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.», многими юбилейными медалями, кавалер ордена «Материнская слава», награждена знаком «Высшая благодарность матери», знаком отличия «Гражданская доблесть», знаком «За заслуги перед районом», Почетный гражданин Жабыльского наслега Мегино-Кангаласского улуса, неоднократный лауреат выставок эстафеты культуры и спорта Мегино-Кангаласского улуса.
Ульяна Егоровна воспитала 11 детей: 2 сыновей и 9 дочерей. У нее много внуков, правнуков и праправнуков. Все ее дети стали достойными людьми, получили образование, живут в разных улусах республики, все имеют семьи.
Пермякова Ульяна Егоровна, многодетная мать, после смерти мужа, ветерана Великой Отечественной войны, одна воспитала детей достойными людьми, привила любовь к труду, в настоящее время все дети пенсионного возраста, ветераны труда.
Ульяна Егоровна очень мудрая, спокойная, творческая личность, человек активной жизненной позиции, постоянно интересуется событиями, до сих пор внуки ей читают книги и газеты. Пользуется заслуженным авторитетом среди населения.
СТАРОСТИНА ЕКАТЕРИНА ЕГОРОВНА, многодетная мать, ветеран Великой Отечественной войны, кавалер ордена СССР «Материнская слава» I степени, Указом Главы Республики Саха (Якутия) от 24.11.2020 г. №1528 награждена знаком «Высшая благодарность матери».
Сэрии ыар сылларыгар Калинин аатынан холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбит, ол кэмнэ олох аһыытын-муҥун этинэн-хаанынанбилбитСтаростина Екатерина Егоровна Муомаҕа соҕотох бэтэрээн.
Муомаҕа 1940 сыллааххахолкуостар бастаан тэриллэнүлэлээн истэхтэринэ,Аҕадойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Саҥа тэриллибит холкуоска туох улахан тэрээһин, көмө үлэһиттэргэ баар буолуой? Тымныы хотон, иһит-хомуос тиийбэтэ, баар-суох туттар көлөлөрө ‒ оҕус. Ыанньыксыттар хараҥаттан хараҥаҕа күнү быһа хотоҥҥо, ким эбээлээх оҕотун дьиэҕэ хаалларар, кырдьаҕастара суохтар оҕолорун сүгэн кэлэн, хобуулга сытыаран баран үлэлээхтииллэрэ. Чүмэчи суох, тымтык уота сырдатара үһү. Ол саҕана саппыкы суох, өрүһүнэр таҥастара ‒ муосуна (сылгы тириитин быһан, ынах кутуругун түүтүнэн быа оҥостон, онон сиринэн холуоһа курдук оҥостоллор). Ол муосунаны мин 95-тээх ийэм наһаа элбэхтиккэпсээнигэр ахтар. Элбэҕи умнубут ийэбит арай ити тылы умнубатаҕа сөхтөрөр. Бука, атах тоҥор муҥа оннук кытаанахтык иҥнэҕэ.
Ыанньыксыттар күһүн хойукка диэри оттууллар эбит, кинилэргэ эмиэ былаан бэриллэрэ, тымныы ууну муосунанан кэһэ сылдьан оттуулларын, атахтара тоҥорун, ынах сааҕар сылыталларын оччотооҕу ыанньыксыттар бары ахталлар. Сэрии кэмигэр хаһан да бүппэт уонна сынньалаҥа суох ыарахан үлэ ‒ ыанньыксыт үлэтэ этэ. Дьахталлар оҕолонон баран аҕыйах хоноот, бу ыарахан үлэҕэ умса түһэллэрэ. Дьахталлар үлэлэрин быыһыгар дьиэлэригэр иһэр муустарын, оттор мастарын бэйэлэрэ таһаллара. Түүн чүмэчи уотугар фроҥҥа түүлээх таҥаһы тигии, бэйэ дьиэ иһинээҕилэрин таҥастарын тигиитэ, астарын астааһын, оҕолорун көрүү ‒ барытадьахтарүлэтэ. Эр дьон куруук тыа дьоно: кыһын ‒ булт, сайын ‒ от.
17-ҕэ тиийэ ынаҕы илиинэн ыаһын, ньирэйи көрүү, саах таһаарыыта, сүөһүнү уулатыы, оту киллэрии – барытадьахтар чараас санныгар тиксэрэ. Сылаалаах үлэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олох, ол үрдүгэр араас мунньахтар, байыаннай бэлэмнэнии диэн үөрэхтэр. Барахсаттар иэйиэхситтээх эрэ буолан, төрөөбүт дойдулара араҥаччылаан, тоҥон - хатан, сыра - сылба быстар үлэтин үлэлээн, аас-туор олоҕу тулуйдахтара.
Сэрии кэмигэр 2 киилэ бурдук, 50 грамм чэй, 200 грамм арыы ыйга биир киһиэхэ бэриллэрэ. Муомаҕа бу сылларга куобах дэлэй буолан, аччыктааһын суоҕа.
Екатерина Егоровна сэрии сылларыгар үчүгэйдик үлэлээн, стахановка буолбута. Аҕабыт эмиэ. Онон иккиэн 1947 с. «Сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэлэрин иһин» Сталин төбөлөөх мэтээли ылбыттара. Ийэбит ол кэмҥэ 22 саастааҕа. Оннук мэтээли ылбыт оччотооҕу 341 киһиттэн билигин биһиги ийэбит эрэ улууска баар.
Сэрии да бүппүтүн кэннэ ыанньыксыт ыарахан үлэтэ этэ. Ийэбит Екатерина Егоровна 1959 с. дылы ыанньыксыттаабыта уонна наар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта, бочуот дуоскатыгар тахсыбыта. 1953 с. ньирэй сууккаҕа эбиллиитин 590 гр тиэрдэн, холкуоска бастаабыт.
1957 с.биир ынахтан 639 киилэ үүтү ыабыт. Онтон 1959 с. 19 сыл ыанньыксыттаан баран, элбэх оҕолоох буолан, саҥа тутуллубут детсадка түүҥҥү остуораһынан үлэҕэ киирэр, күнүс «Апрелька» диэн олус көрсүө ынаҕын көлүйэн детсадка уу баһара. «Апрелька» ынахпыт барахсан көлүүр да буолара ону таhынан күҥҥэ 8 л үүтү биэрэрэ.
Екатерина Егоровна билигин Муома улууьун Хонуу сэлиэнньэтигэр олорор. Биһиги күн-күбэй ийэбит, эбэбит, тыыл бэтэрээнэ, ытык кырдьаҕас 2022 сыл олунньу 25 күнүгэр 95 сааһын томточчу туолар. Кини олоҕо – холобур буолар олох.