БАБУШКИ ПРИВЕТСТВУЮТ ОТКРЫТИЕ СТУДИИ «МАГИЯ БИСЕРА»
21 мая 2023 г. состоялось открытие студии «Магия бисера». Анджела Токарева – талантливый дизайнер украшений из бисера. Анджела Борисовна проводит мастер-классы по изготовлению различных украшений из бисера по своему дизайну.
Тем самым популяризирует декоративно-прикладное искусство через бисерное творчество, за воспитывает чувство уважения и бережного отношения к национальной материальной культуре и традициям коренных народов Якутии.
Анджела Борисовна провела 6 мастер-классов в онлайн - клубе «Бабушкин сундук». Созданы 2 ватсап-группы Клуба «Бабушкин сундук»: на 100 человек в 2021 году, на 500 человек в 2022 году. Эти ватсап-группы до настоящего времени активны: бабушки участвуют в мастер-классах, изготавливают различные изделия не только из бисера, но и из других материалов, показывают свои изделия в группе. Также постоянно обмениваются опытом по использованию того или другого материала, по использованию того или другого способа шитья.
Бабушки скинулись и подарили 3 манекена для демонстрации украшений, которые стоят сразу при входе в студию «Магия бисера».
Представители Клуба «Бабушкин сундук» горячо приветствовали открытие студии. Вот выдержки из пожеланий:
Черноградская Варвара: Дорогая Анджела Борисовна примите поздравления с открытием студии! Желаю Вам много новых идей, воплощения всех мечт, живых мастер-классов в студии. Желаю тепла, уюта, много новых учениц!
Трофимова Лариса: Милую нашу Анджелу с исполнением мечты, достижением цели, к которой она шла не покладая рук.
Дмитриева Антонина: Улаханнык убаастыыр, таптыыр күндү Анджела Борисовна! Өр кэтэспит, баҕарар баҕа санааҥ, бэйэлээх бэйэҥ студияҥ аанын кыһыл лиэнтэтэ кырыллан, тэлэччи аана арыллыбыт күн бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Тэбиис тэҥҥэ үөрэбин- көтөбүн! Бүгүн бу бырааһынньыкка баар буолбуппуттан, учууталбыт талааннаах тарбахтарыттан айыллан тахсыбыт үлэлэрин илэ көрөн, сабыс саҥа оҥоһуулаах, сып- сырдык, ис киирбэх нарын студияҕа ыалдьыттаан, толору астаах сандалы аһын амсайан, ирэ- хоро кэпсэтэн, оонньоон - көрүлээн, ырыа- тойук истэн, ыллаһан, эдэр саас ырыаларынан үҥкүүлээн- хамсананистиҥник эҕэрдэлээн, дэлби селфилаан,дуоһуйан- астынан кэлбиппиттэн Анджелабар барҕа Махталыым! Тапталыым! Баҕарабын урааҥхайдардыы чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, элбэх кыайыылары,ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэ турдуннар, айар- тутар сүүрээннэр киирэн истиннэр, көрүөн- билиэн, үөрэниэн баҕарар кэрэ аҥардар, далбар хотуттар, эбээчээннэр элбээн истиннэр! Анджела! Өрүү билиҥҥиҥ курдук эдэр, кырасыабай сэбэрэлээх ис киирбэх, үтүө, сырдык санаалаах "улахан" сүрэхтээх, наһаа үөрүнньэҥ дууһалаах, мааны майгылаах буол! Кэргэҥҥин - Захары улаханнык убаастаатым (бу кэргэнин улаханнык таптыыр, өйдүүр, өйүүр буолан) оотой маладьыас Эр Бэрдэ! Ийэлии сырылаччы иэдэһиттэн сыллыыбын. Анджела! Дьиэ кэргэҥҥэр этэҥҥэни, нуурал- нусхал олоҕу, элбэх үөрүүлээх түгэннэри, туох баар бары кэрэни, үтүөнү, үчүгэйи баҕарабын! Нарыннык кууһан сахалыы сыллыыбын! Махтанабын!
Кононова Анна: Бэртээхэй тэрээһинҥэ сылдьан Анджелалаах Захарга үөрүүлэригэр кыттыһан астынан аҕай кэллим. Өрүү итинник ситиһии сиэттистин, кыайыы кыттыстын, үчүгэй эрэ үмүөрүстүн. Кыргыттары кытта үҥкүүлээн тириибин тэнитэн, быылбын тэбээн кэллим.
Петрова Светлана: Анджелла5а ессе тегул э5эрдэ! Өр сылларга илдьэ сылдьыбыт ба5а санаан туолбутунан - олус кэрэ студияламмыккынан! Инникки еттугэр ессе да урдук ситиьиилэри, ба5а санаалара мэлдьи туола турдунар, чугас дьоно еруу аттыгар баар буоллунар, доруобуйаны, дьолу.
Винокурова Анна: Ырыа курдук ылбаҕай, хоһоон курдук хомоҕой кэрэ, мааны айымньылар айылла турдуннар бу сырдыгынан сыдьаайар ыраас иэйии сыдьаайар дьиэтигэр! Анджелаҕа, Захарга, оҕолоругар, айымньылаах үлэҕиттэригэр үрдүктэн үрдүк чыпчаалы, чэгиэн туругу, тапталы, дьолу!
Алексеева Альбина: Э5эрдэлэргэ кыттыьабын. Анджела куустээх санаалаах буолан маннык куну тэрийдэ. Бэйэбит кыра да буоллар эмиэ кыттыгастаахпыт. Онон кыргыттар, самаан сайыммыт кэлбит кунугэр, бу уоруулээх, талба талааннаахтары тумэр тумэл аһыллыбытынан барыгытын истинник э5эрдэлиибин! Маннык тумсуулээх, кэрэни кэрэхсиир, мааны Хотуттар буолун!
Антонова-Кириллина Анна: Анджеланы уонна группаҕа баар бииргэ айар-тутар дьоммун эҕэрдэлиибин! Дьоллоох Дьокуускай куоратыгар кэрэ күн сирин көрөр сылаас уйата аһыллыбытынан!
Соловьева Анна: Кэрэ мааны Далбар Хотуммутугар Анжела Борисовнаҕа, студиян аһыллыбытынан эҕэрдээ. Санаабыт санаан сатанан, толкуйдаабыт толкуйун туола турдун. Эн имигэс талба талааҥҥынан элбэҕи биллибит үөрэннибит махтаал бастыҥа аны студияҕа сылдьыбыт киһии
Ушницкая Наталья: Анджела Борисовнаҕа истиҥ эҕэрдэ! Кэрэ көстүүлээх киэҥ куоҥ студияҕар өссө да кэрэ оҥоһуктар айаллан таҕыстыннар, элбэх үөрэнээччилэрдээх, кэрэни сэҥээриччилэрдээх буол!
Матчитова Антонина: Анджела айар уйата сылаас, ыраас, сырдык, кэрэни айарга, тутарга, элбэх учугэйи, кэрэни тустуур студия боллун!
24.05.2023г
Яковлева В.