Саһыл Саһыы мемориальнай комплекс үөрүүлээх аһыллыытыгар 3000 тахса киһи сырытта
Сүүс сыл анараа өттүнээҕи көстүүтүн иккистээн төнүннэрбит Абаҕа Саһыл Сыһыы киэҥ алааһа кулун тутар 25 күнүгэр ыалдьыттарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга аанын арыйда. Будулҕан туман быыһыгар буулдьа сирилиир тыаһын истибит, буорах сытын билбит иһийэн турбут төгүрүк алаас биирдэ өрө оргуйан, сүүс сыллааҕыта курдук эмиэ болҕомто киинэ буолла.
Абаҕа нэһилиэгин урукку баһылыга Михаил Ефремовтан саҕалаан, билиҥҥи баһылык Макар Тимофеев улуус, өрөспүүбүлүкэ салалталарын кытта бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр Саһыл Сыһыы өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар кэрэ туристичексай комплексыгар кубулуйбута киһини сөхтөрөр. Сэбиэскэй кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ дьоно, үөрэнээччилэрэ улаханнык интэриэһиргээн сылдьар сирдэрэ сүүрбэччэ сыллааҕыта баһаарга былдьанан өтөхсүйэ, умнулла быһыытыйбыта. Иван Строд этэрээтин кытары саһан сыппыт Карманов балаҕанын кытары хотон ордон хаалбыттара билиҥҥэ диэри история биир сүрүн кэрдиис кэмин кэрэһиттэрэ буолан тураллар. Онтон атын тутуу барыта сир үрдүттэн сотуллан бараннар билигин иккис тыыннарын ылан гражданскай сэрии историятын сэҥээрээччилэри ыҥыра-угуйа туруохтара, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ тыыннаах нэһилиэстибэ буолуохтара.
Сылтан ордук кэм устата манна үтүмэн үлэ барда. Үөһэттэн, алаас сыырын быарыттан киһи хараҕын дала ыларын тухары тутуулар өрө анньан тахсыбыттарын көрөн киһи сүрэҕин туох эрэ биллибэт иэйии, киэн туттуу, долгуйуу тыына үүйэ-хаайа тутар. Бу дьиэлэр историяларын, оччотооҕу олохтоохторун, таас пааматынньыктарга мөссүөннэрэ үйэ-саас тухары үйэтитиллибит геройдары Абаҕатааҕа агрооскуола үөрэнээччилэрэ Айаал Колесов, Кирилл Белолюбскай, Алена Пестерева, Эдилия Третьякова, Жанетта Устинова, Виолетта Степанова, Дарина Стручкова, Катя Филиппова, Саша Карманова, Кристина Карманова, Аделина Колесова, Коля Кайдалов, Алиса Николаева, Чакыртан Эдик Новгородов биэс тарбахтарын курдук билэллэр. Гидтэр кэлбит ыалдьыттары батыһыннара сылдьан ол история кэрдиистэрин киһи эрэ сэргиэх, истиэх курдук кэпсээн биэрдилэр.
Саһыл Сыһыы муустаах осадата түмүктэммитэ үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтиир дьоро күҥҥэ экономика миниистирэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Майя Данилова, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, КПРФ баартыйа фракциятын салайааччы Виктор Губарев, Ил Түмэн депутата, ЛОРП дириэктэрэ Сергей Ларионов, Ил Түмэн депутата Елена Голомарева, культурнай нэһилиэстибэ пааматынньыктарын харыстыыр департамент салайааччыта Николай Макаров, ДОСААФ регионнааҕы отделениетын бэрэссэдээтэлэ Сергей Соболев, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, оройуон депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, тутуу бэдэрээччитэ – Вячеслав Яроев салайааччылаах“Уран” дизайн-студия, муустаах кыргыһыы кыттыылаахтарын уруу аймахтара, “Трудовой фронт“ спортивнай, Дьокуускайдааҕы “Красный Восход” кулууптар чилиэннэрэ, Алдан, Нам, Хаҥалас улуустарын байыаннай-патриотическай түмсүүлэрэ, Бүтүн Россиятааҕы байыаннай-патриотическай уопсастыба Саха сиринээҕи салаата, Ем. Ярославскай аатынан музей коллектива, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын делегациялара, Амма улууһун 12 оскуолатыттан “Трасса мужества” хайыһарынан сүүрүү кыттааччылара уонна да үгүс ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ыллылар. Мустубут дьон бука бары Саһыл Сыһыы комплекса үчүгэй көрүүгэ-истиигэ киирэн, харыстанан, Россия туристара сөбүлээн, аат ааттаан сылдьар сирдэрэ буоларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.
Маннык улахан хабааннаах, киэҥ далааһыннаах тэрээһин кэмигэр тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлигэр, аммалар биир дойдулаахпыт Майя Даниловаҕа Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо үрдүк билинии бэлиэтин улуус баһылыга Степан Кузьмин туттарда. Маны сэргэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах бэрэссэдээтэлин үрүҥ көмүс бэлиэлээх Махтал Суругунан Абаҕа нэһилиэгин Аҕаларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Егор Гоголев бэлиэтэннэ.
Саһыл Сыһыы саҥардыллыбыт комплексын үөрүүлээх арыйыы биир күүтүүлээх, өрө күүрүүлээх түгэнинэн 100 сыл анараа өттүгэр буолбут хаан тохтуулаах кыргыһыыны оонньоон көрдөрүү буолла. Реконструкцияҕа 160 киһи Абаҕаттан, Бөтүҥтэн, Соморсунтан, Эмистэн, Дьокуускайтан кытыннылар. Манна сүрүн оруоллары Светлана Лугинова аатынан Амматааҕы народнай театр артыыстара итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Сценарийын Амматааҕы гражданскай сэрии историятын музейын үлэһитэ Вера Шилова 50 сыл анараа өттүгэр, 1973 сыллаахха буолбут реконструкция сценарийыгар олоҕуран суруйда.
Саһыл Сыһыы 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн “Трасса мужества” оскуолалар икки ардыларыгар күрэххэ 12 хамаанда кытынна. Биэс киһиттэн састааптаах хамаандалар биатлоҥҥа, хайыһарынан сүүрүүгэ, ориентированиеҕа, кутаа оттон чэй өрүүтүгэр күрэхтэстилэр. Түмүккэ чаҕылхай кыайыыны Белолюбскай Максим Юрьевич, Колодезников Сарыал Анатольевич салайааччылардаах Абаҕа оскуолатын хамаандата сурунна.
Күн устата ыалдьыттар “Эхо далеких времен” патриотическай ырыа уонна хоһоон ааҕыытын күрэҕин кыайыылаахтарын, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрдэриттэн, Амматааҕы гражданскай сэрии музейын экспозицияларыттан улахан дуоһуйууну ыллылар.
Киэһэтин Абаҕа нэһилиэгэр К. Туйаарыскай аатынан библиотека уонна А.Е. Кралин аатынан оскуола музейын быыстапкалара ыалдьыттар болҕомтолорун тарта. Маны сэргэ У.Нохсоороп аатынан Духуобунас киинигэр Төгүрүк остуол ыытылынна. Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн Саһыл Сыһыыга буолбут 18 хонуктаах төгүрүктээһин гражданскай сэрии түмүктэниитигэр суолтатын, ыччаты Ийэ дойдуну таптыырга үөрэтии, салгыы бу хайысхаҕа ыытыллыахтаах үлэ буолла.
Саһыл Сыһыы муустаах кыргыһыытын 100 сыллах үбүлүөйдээх тэрээһинин туһунан өссө сиһилии хаһыакка сырдатыахпыт.