Үҥкүү алыбар ылларбыт эбэлэр, ийэлэр Одьулууҥҥа түмүстүлэр

Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин “Сайдыс” норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн иккис төгүлүн Амма, Таатта, Чурапчы (Боотуруускай) улуустарын “Уйгулаах олоҕу уруйдаан” региональнай үһүс көлүөнэ үҥкүү күрэҕин көрүүтэ ыытылынна. Манна Амма улууһуттан 4 коллектив ситиһиилээхтик кытыннылар. Күрэххэ бу ааттаммыт үс улуустан аҕам саастаахтар дьарыктанар 14 үҥкүү ансаамбыллара кэлэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук, 4 коллектив Амматтан, 3 коллектив Тааттаттан уонна Чурапчы нэһилиэктэриттэн 7 коллектив кытынна. Күрэххэ профессиональнай дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Ол курдук дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһин туйгуна, СР культураҕа уонна духуобунаска министерствотын Норуот айымьытын киинин специалиһа Николай Николаевич Терютин, СР культуратын туйгуна, хореограф Айталина Филипповна Григорьева, СР культуратын туйгуна “Узнавайка” оҕо сайдар киинин хореограба Таисия Петровна Бандерова, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Сергей Зверев-Кыыл уола аатынан Үҥкүү национальнай театрын солистката.

Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна: сахалыы үҥкүү уонна көҥүл темаҕа. Амма улууһуттан кэрэни кэрэхсии үҥкүү алыбар ылларбыт далбар хотуттар, ийэлэр, эбээлэр түмсэн дьарыктанар “Күөгэйэ” (Сулҕаччы), “Айылгы” (Мээндиги), “Күбэйэ” (Чакыр), “Элэһин эбээлэрэ” Соморсун нэһилиэктэрин ансаамбыллара кыттан, ситиһиилээх кэллибит. Ол курдук Чакыртан Светлана Николаевна Новикова салайар “Күбэйэ” ансаамбыл “Бабушки-заюшки” үҥкүүнэн региональнай күрэх 3-степеннээх лауреата үрдүк ааты ыллылар. Сулҕаччыттан волонтер-хореограф Жанна Григорьевна Максимова уонна Екатерина Филипповна Рязанская салайар “Күөгэйэ” үҥкүү бөлөҕө “Бурятскай” үҥкүүтэ “Бастыҥ норуот үҥкүүтэ” анал номинация ылла. Ити курдук Арсен Александрович Софронов салайааччылаах “Элэһин эбээлэрэ” Соморсун уонна Марина Семеновна Удина салайар “Айылгы” үҥкүү ансаамбыллара эмиэ анал номинация хаһаайыттарынан буоллулар. Оттон күрэх саамай үрдүк наҕараадатын Гран-при уонна 30000 солк. харчы бирииһи Таатта улууһун кыйы нэһилиэгиттэн Валентина Ивановна Турнина салайар “Күн Күбэйэ” ансаамбыл ылла. Маны таһынан “Саамай аҕам саастаах кыттааччы” анал аат 78 саастаах үҥкүүһүккэ туттарылынна.

Күрэх кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ үҥкүүһүттэргэ уонна ансаабыл салайааччыларыгар сценическэй культура, таҥас-сап уонна үҥкүүгэ сыһыаннаах сүбэ-ама биэрдилэр уонна аҕам саастаах ийэлэргэ, эбээлэргэ барҕа махталларын тиэртилэр. Итинник үҥкүү алыбар ылларбыт эбээлэр, ийэлэр Амматан Чурапчыга тиийэн элбэххэ үөрэнэн, билсэн-көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн дуоһуйан кэллибит. Түгэнинэн туһанан, “Күөгэйэлэр” чааһынай массыыналарынан илдьэн аҕалбыт суоппардарбытыгар Дмитрий Михайлович Максимовка, Дмитрий Дмитриевич Гоголевка уонна эрдэтээҥҥи күрэхтэргэ, гастролга илдьэ сылдьыбыт суоппардарбытыгар Айсен Юрьевич Христофоровка, Валерий Егорович Ефремовка Александр Михайлович Неустроевка махталбытын тиэрдэбит.

Подробнее:
https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/article/91657