МАХТАЛЛАРЫН БИЛЛЭРЭЛЛЭР
Кулун тутар 7 күнүгэр В.А.Петрова аатынан улуустар икки ардыларынааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэригэр Аан Дойду дьахталлар күннэрин көрсө интэринээт дьиэбит ытык мааны аҕам саастаах кэрэ аҥардарбытыгар аналлаах бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Тэрээһини бу тэрилтэ кульураҕа тэрийээччилэрэ Саха Өрөспүбүлүкэтин культуратын туйгуна Никифорова Светлана Герасимовна уонна Седалищев Григорий Иванович бэрт үрдүк таһымҥа иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ол курдук, тэрээһин биир умнуллубат чаҕылхай түгэнинэн буолар –интэринээт дьиэ баабыскаларыгар анаан — Ньурба куорат олохтооҕо Слободчикова Ольга Геннадиевна Энергосбыт үлэһитэ 38 устуука бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, ураты ханан да хатыламмат бэлэх уунан, олуһун диэн тэрээһиммитин киэргэттэ. Ол курдук, биһиги аҕам саастаах кэрэ аҥардарбыт саҥа былаат кэтэн хайдах курдук үөрэн-көтөн мичилийэн сырдаабыттара барыбытын да сүргэбитин көтөхтө. Аҥардас ити кэрэ-бэлиэ түгэнинэн сиэттэрэн сааскы бастакы бырааһынньыкпыт хайдах курдук сааскы сибэккилии чэлгийэ киэркэйбитин олус диэн биһирээтибит, кэрэхсээтибит.
Түгэнинэн туһанан, интэринээт дьиэбит Ытык мааны Далбар хотуттара олус диэн үөрэн-көтөн туран Ольга Геннадиевнаҕа Барҕа махталларын биллэрэллэр.