Номоххо киирбит 19-с туспа хайыһар биригээдэтин былааҕа “Албан аат” мусуойугар харалла кэллэ
Бүгүн Чурапчы улууһугар устуоруйа туоһутунан буолар бэлиэ түгэн үүннэ. Ол курдук Аҕа дойду Улуу сэриитин 27-с аармыйа хотугулуу-арҕааҥы фронун 12-с гвардейскай мотострелковай куорпуһун номоххо киирбит 19-с туспа хайыһар биригээдэтин аалай кыһыл былааҕын көрсүү үөрүүлээх чааһа, Чурапчы нэһилиэгин Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар ыытылынна.
Тэрээһин дьоро чааһыгар улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Егор Сивцев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, СӨ Ил Түмэн дьокутаата, саппаас майора Семен Никитин, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын “Албан аат” мусуойун салайааччыта Михаил Дьячковскай кыттыыны ыллылар.
19-с туспа хайыһар биригээдэтин былааҕа, бу Бүтүн Сэбиэскэй норуот, чуолаан Саха норуотун хорсун быһыытын көрдөрөр символ быһыытынан билиниллэр. Старой Руссаны босхолуур иһин кыргыһыыга 600-кэ саха хорсун-хоодуот уолаттара сырдык тыыннарын толук уурбуттара
19-с хайыһар биригээдэтэ
(Иннокентий Эртюков тыллара)
Чурапчы чараҥын, Бүлүү тыатын Суугунун истэ-истэлэр, Сарсыарда туман халыҥ сабыытын Сахалар тэлэн иһэллэр.
Иһэллэр мин дойдум уолаттара, Иһэр уон тохсус биригээдэ. Саллаат тохтообот тыынын куоттара Тыйыс күн-дьыл тирээтэ.
Инники, инники кимэн иһиҥ Эстибэт эрчим күүһүнэн. Саха уола Сахам сирин иһин Иилмэн "хотун" мууһунан.
Тимир бытарыйар, тоҥ муус тостор, Этиҥнэр күөлгэ хаамаллар. Саллаат турар, саллаат эмиэ охтор Күөлбут хаанынан тааҥнанар.
Хардаран иһиҥ уотунан уокка, Уоту уот уҕарытыаҕа. Тимир төлөнү кутуҥ өстөөххө Тимир тимиртэн тостуоҕа.