Алтынньы 27 күнүгэр Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ Ытык Ильмень кыргыһыытыгар кыттыбыт анал хайыһар 19-с, 20-с биригээдэлэрин кыһыл былаахтарын куоппуйатын улуус общественноһа үөрүүлээхтик көрүстэ.

Тэрээһин “Кыайыы болуоссатыгар” сураҕа суох сүппүттэрааттарыгар сүгүрүйэн, сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Онтон, 2 чаастан Былатыан Ойуунускай аатынан норуот тыйаатырыгар оскуола үөрэнээччилэрэ тэрээһин ыалдьыттарын, кыттыылаахтарын эҕэрдэнэн көрсөн, саалга атааран, номох буолбут Ильмень туһунан ырыа доҕуһуоллаах, диктор Галина Егоровна Арылахова күүстээх куолаһынан тэрээһин саҕаламмытын биллэрээтин кытта, Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Улуу сэрии кыргыһыытын тыаһа – ууһа, хаһыыта бу баардыы көстөн ааста.

Ытык Ильмень кыргыһыытыгар хорсуннук киирсибит, олохторун толук уурбут саха саллааттарын хайыһардарын суолунан Илин эҥэрдээҕи “Эдэр Карбышевецтар”хамсааһын, Чурапчы улууһун “Албан Аат” мусуойун салайааччыта, И.М.Павлов аатынан орто оскуола историяҕа учуутала Михаил Владимирович Дьячковскай, Амма улууһун П.И.Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын ОБЖ учуутала Алексей Сергеевич Кузьмин, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуола дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы, “Бэтэрээннэр тыыннаах куоластара” бырайыак салайааччыта Нюргуяна Михайловна Лебедева эдэр армеецтары кытта бойобуой экспедицияҕа сылдьыбыттарын сырдаттылар, кэпсээтилэр.

Кыһыл былаах куоппуйатын көрсө мустубут дьон биир мүнүүтэ иһийэн турбуттарын кэннэ, эҕэрдэ тыллары Таатта улууһун баһылыга М.М.Соров, улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ В.А.Охотин, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга П.Е.Захаров, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын дириэктэрэ В.Д. Петрова уо.д.а. тыл эттилэр.

Долгутуулаах түгэнинэн Ытык Ильмень кыргыһыытын кыттыылаахтарын сыдьааннара сыанаҕа тахсыылара буолла. Сыдьааннар ааттарыттан тылы Астра Дмитриевна Петрова, Уус Алдантан кэлбит биир дойдулаахпыт Иван Денисович Дедюкин, Александра Васильевна Прудецкая эттилэр уонна бука бары, уоттаах кыргыһыыга кыттыбыт дьоннорун туһунан матырыйааллары улуустааҕы Албан Аат кыраайы үөрэтэр мусуойга туттардылар:

  • Канаев Иннокентий Петрович
  • Петров Иван Романович
    • Иванов Софрон Петрович
    • Чемпин Иннокентий Ильич
    • Федоров Константин Макарович
    • Мекчергин Афанасий Александрович
    • Бучугасов Иван Иванович
    • Бястинов Егор Егорович
    • Аммосов Петр Михайлович
    • Бучугасов Илья Петрович
    • Слепцов Егор Иванович
    • Черосов Макар Андреевич
    • Огонеров Василий Иванович
    • Мекчергин Николай Никитич
    • Мекчергин Николай Иванович
    • Кангаласов Петр Иванович
    • Бырдынныров Никита Никитич
    • Баснаев Петр Григорьевич
    • Попов Дмитрий Моисеевич
    • Моттуев Петр Михайлович
    • Сабарайкин Дмитрий Павлович
    • Неустроев василий Романович
    • Долгих петр Федорович
    • Слепцов Макар Иванович
    • Лопатин Афанасий Алексеевич
    • Лопатин Спиридон Алексеевич
    • Дедюкин Иван Денисович
    • Дедюкин Константин Денисович
    • Дедюкин Иван Денисович-2
    • Андросов Егор Яковлевич
    • Васильев Егор Григорьевич
    • Максимов Иван Алексеевич
    • Слепцов Иван Григорьевич
    • Белолюбскай Михаил Евсеевич
    • Кузьмин Прокопий Семенович
    • Попов Серафим Дмитриевич
    • Андросов Гаврил Дмитриевич -2
    • Рахлеев Игнатий Дмитриевич
    • Попов Михаил Александрович
    • Вырдылин Иннокентий Афанасьевич
    • Петров Мессеев Дмитрий Гаврильевич
    • Петров Павел Гаврильевич
    • Кузьмин Иннокентий васильевич
    • Будикин Василий Михайлович
    • Варламов Николай Николаевич 1
    • Сокольников Николай Антонович
    • Ефремов Феодосий Афанасьевич – Старай Русса
  • Бу матырыйааллар инники көлүөнэ ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ, албан ааттаах саха буойуннарын хорсун суолларын үөрэтиигэ туһаныллыахтара, ону таһынан Тааттабыт улууһугар бэлэхтэммит 20 – с анал хайыһар биригээдэтин Кыайыыга сирдээбит былааҕын куоппуйата Ильмень күөл кыргыһыытын үйэлэргэ кэпсии туруоҕа.

    Үрдүк таһымнаах тэрээһин ыытыллыбытынан улуус баһылыгар М.М.Соровка, улуустааҕы үөрэх салаатын үлэһиттэригэр, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгар П.Е.Захаровка, оскуола салалтатыгар, Ильмень күөл айанын кыттыылаахтарыгар, Г.Е.Арылахова, Т.Л.Поповаҕа, улуус нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэллэригэр, буойуннар сыдьааннарыгар махтанабыт. Баҕарабыт үлэҕитигэр ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну!

    Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!


    Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ М.А.Попова

    Алтынньы 27 күнэ 2022 сыл, Таатта, Ытык Күөл с.