Орто Халыма 2-с Хаҥалаһын ытык олохтооҕо Мотрена Гуляева 100 сааһын туолла

Бу күннэргэ Орто Халыма улууһун 2-с Хаҥалас нэһилиэгэр умнуллубат үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.


Тэрээһин туһунан Эбээх нэһилиэгин олохтооҕо Людмила Никитина бу курдук сырдатта:

Ытык кырдьаспытын, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ, «Сэбиэскэй эргиэн туйгуна», “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Ийэ 2-с истиэпэннээх уордьан кавалера, 7 оҕолоох, 51 сыл үлэ ыстаастаах Мотрена Гуляева 100 сааһын бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ нэһилиэк кулуубугар кыратыттан улаханыгар тиийэ эҕэрдэлии муһуннубут.

Мотрена Ильинична Гуляева 1924 сыл кулун тутар 13 күнүгэр 2-с Хаҥалас нэһилиэгэр Пелагея Саввична уонна Илья Тарасович Гуляевтар 9 оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр 4-с оҕонон күн сирин көрбүтэ. Дүөнсэ учаастагар Таҥара дьиэтигэр аһыллыбыт «Школа грамоты» оскуолатыгар үөрэммитэ. Бу оскуолаҕа үөрэммит икки оҕо хаалбытыттан биирдэстэрэ ааспыт сайын эмиэ 100 сааһын туолбут Мария Петровна Даурова Орто Халыма куоракка олорор.

Оскуоланы бүтэрээт, Мотрена кладовщигынан, кэлин атыы эргиэн систиэмэтигэр атыылааччынан 43 сыл үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран, харабылынан үлэлээн, уопсайа 51 сыл үлэ ыстаастаах.

Иннокентий Николаевич Гуляевтыын ыал буолан, 7 оҕону төрөппүттэрэ. Онтон ыал аҕата эдэригэр ыалдьан олохтон туораабытын кэннэ, оҕолорун бэйэтэ улаатыннаран, үөрэхтээн, атахтарыгар туруорбут үтүө өҥөлөөх. Билигин 20 сиэн, хос сиэн, уопсайа 80-тан тахса киһи тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ буолан олорор.

Ытык кырдьаҕас оҕолоро, сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ эҕэрдэ тыл этэн, ыллаан, үҥкүүлээн сэргэхситтилэр. 100 сааһын томточчу туолбут үбүлээр ыалдьыттарын уонна саалаҕа мустубут дьону үбүлүөйдээх туордунан күндүлээтэ.

"Саха Сирэ" хаhыат
Ааптар: Елена Потоцкая